Республиканскай теннис күрэҕэ
Саҥа кэлбит сыл тохсунньу 3-4 күннэригэр Амма нэһилиэгэр оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо Амма остуол тенниһын Федерациятын бирииһигэр күрэхтэһии буолан ааста. Онно олохтоохтору таһынан Мэҥэ-Хаҥаластан, Чупапчыттан, Дьокуускай куораттан, Хатастан, Намтан, Сунтаартан, Хаҥаластан уопсайа 150 тенниһи сөбүлээччилэр кэлэн күрэхтэстилэр. Биһиги оскуолабытыттан Аммосов В.И. тренердаах 7 кылаас үөрэнээччитэ Никифорова Алина уонна 4 кылаас үөрэнээччитэ Трофимов Валерьян баран күрэхтэстилэр. Никифорова Алина финалга тахсан 4 миэстэ онтон Трофимов Валерьян 2 миэстэни ылары ситистилэр.