“Зарница”

19.04.2017 15:32

Сааскы сылаас күннэр үүнэннэр оҕо барыта таһырдьа талаһар. Биһиги оскуолабытыгар  муус устар 8 күнүгэр  сааһы уруйдуу оскуоланан  “Зарница” оонньуута ыытылынна.

Оонньууга эрдэттэн тыырыллыбыт   үрүҥнэр уонна кыһыллар хамаандалара  оонньоотулар,  хамаанда аайы хамандыырдар талылыннылар, ол кэнниттэн сүүрүүлээх-көтүүлээх былаас былдьаһыыта буолла. Оҕолор оонньоон –көрүлээн  олус астынан кыайыылааҕы быһаардылар. Ол курдук, оонньуу түмүгүнэн Игнатьев Эдгар хамаандата бастакы миэстэни ылла.

 

Суруйда: Титова Настя

6 кылаас үөрэнээччитэ